Хаҥалас улууһун Тиит Арыытыгар «Ленские зори» диэн бэртээхэй ырыаһыттардаах, үҥкүүһүттэрдээх ансаамбыл баар. Бу нэһилиэк олоҕун сэргэхситэр, дьон-сэргэ дьоҕурун арыйар сыаллаах-соруктаах 2011 сыллаахха тэриллибит. Салайааччынан олохтоох дьаһалтаҕа баһылыгы солбуйааччы Любовь Индееваны талбыттар. Бу туһунан СИА нэһилиэк кулуубун үлэһитэ Альбина Максимова кэпсиир.
«Ансаамбыл олус иллээх. Бары үлэҕэ-хамнаска, араас тэрээһиннэргэ куруутун көхтөөхтүк кыттар дьон мустубуттар. Манна икки Индеевтэр, Голоковтар, Строевтар, Ефремовтар дьиэ кэргэнинэн адьас сөбүлээн сылдьаллар. Аны өрөспүүбүлүкэҕэ «Уон бастыҥ гармонист» иһигэр киирбит Александр Строев муусуканан доҕуһуоллуура сүргэни улаханнык көтөҕөр. Туораттан көрөн туран тэҥҥэ ыллаһыаххын, үҥкүүлэһиэххин баҕараҕын. Сыанаҕа кэтэр таҥастарын-саптарын кулууп үлэһитэ Людмила Федорова ыйыытынан-кэрдиитинэн бэйэлэрэ тигэллэр. Үҥкүүлэрин оҕо саадын үлэһитэ Александра Макарова туруорар. Ансаамбылларынан нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ буолар фестивалларга, куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлара үөрдэр. Сыл ахсын ыытыллар «Играй гармонь, живи частушка» фестивалы көтүппэттэр. Итинник көхтөөх кыттыыларын түмүгэр «Лучший фольклорный ансамбль», «Лучший сценический костюм», «Лучший танцевальный ансамбль», «Лучший руководитель», 2013 сыллаахха Гран-При буолбуттара. Россия күнүгэр ыытыллар «Фестиваль казачьей и ямщицкой песни» кыайыылаахтара, лауреаттара буолар үрдүк чиэскэ тиксибиттэрэ», — диир кини.
Ансаамбыл кыттааччылара хаһан баҕарар, ханна да бары биир дьиэ кэргэн курдук бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрүн, хардарыта көмөлөсүһэллэрин бэлиэтиир. Иллэҥ кэмнэригэр тутуспутунан айылҕаҕа сылдьалларын, ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, күрэхтэһэн, сир астаан дуоһуйа сынньаналлара дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолбут. Маны сэргэ, кэнчээри ыччакка кэскиллээҕи, үтүөнү бэлэхтиир туһугар эмиэ киэҥ хабааннаах үлэни ыыталлара болҕомтону тардыбыт. Ол курдук, 2013 сыллаахха урукку дьаамсыктар олохторун-дьаһахтарын, туттар малларын-салларын үйэтитэр сыаллаах «Ямщицкий дом-музей» тэрийбиттэр. Эһиилигэр Сибэтиэй Петр уонна Павел ааттарынан чочуобуна аспыттар.
Быйыл «Россия православная» Бүтүн Россиятааҕы общественнай хамсааһын КС бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Остапчук, толорооччу директор Оксана Татаровская, СР уонна РФ үтүөлээх тренерэ Александр Куприянов, о.д.а. тиийэн музейы көрөн, чочуобунаҕа сылдьан, нэһилиэнньэни кытта көрсүһэн, общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттааччыларга дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан махтал суруктары туттартаабыттар. Онтон ансаамбыл кэллэктиибэ үлэтин сайыннаран, кэҥэтэн иһэригэр М.Д.Федоров – Ырыа Миисэ аатынан «Эркээйи» култуура киинин бары үлэһиттэригэр, нэһилиэк дьаһалтатыгар (баһылык Григорий Лукин) махтаммыт. Итиэннэ маҥнай тэриллэн сүһүөхтэригэр туралларыгар элбэх көмөнү оҥорбут оччотооҕу баһылыктарын Степан Соловьеву сылаас махтал тылларынан ахтан-санаан ааспыттар.
This post was published on 18.08.2016 15:29 15:29