Муомалар муус аннынан сэтинньи 7 күнүгэр диэри балыктыыллар

Хаартыска: Любовь Приходько тиксэриитэ

«Дойдубар Муомаҕа муус аннынан балыктыыр кэм. Олус ахтабын. Эр киһилиин, дьахтардыын, оҕолуун, кырдьаҕастыын бары тапталлаах Индигиир өрүспүтүгэр киирэн балыктааччыбыт», — диэн СИА-ҕа Хатас олохтооҕо Любовь Приходько кэпсээтэ.

Муомалар муус аннынан балыктааһыннара сэтинньи 7 күнүгэр диэри салҕанан барар. Ити суруллубатах сокуон булгуччу тутуһуллар. Индигиир өрүстэрин олохтоохтор харах харатын курдук харыстыыллар.

«Билигин күн аайы балыктыыллар. Аймахтарым, билэр дьонум. Мин эмиэ балыктаабыт кэмнэрбин саныыбын, ахтабын дойдубун. Индигиир өрүспүтүгэр киирэн, муус кытыытыгар ойбон тэһэн, таба тэллэҕэр сытан, ууну ойбонунан көрө сытан балыктанар. Барыта бэрээдэк. Сыыһа-халты туттуу суох. Киин улуустарга ыытыллар муҥха курдук биһиэхэ эмиэ итинник балыктааһын үгэһэ баар. Эмиэ бырааһынньык курдук, өрө көтөҕүллүү, үөрүү буолар», — диэн кэпсиир Любовь Приходько.

Кини кэпсииринэн, маннык тэрээһинтэн дьон кыһын сиир хаһаастарын булуналлар. Куоракка олорор аймахтарыгар, чугас дьонноругар кэһии ыыталлар. «Унньуктаах уһун кыһыны быһа киэһэ аайы индигирка салаата оҥостон, сүрэҕи сөрүүкэтэбит», — диир сэһэргэһээччим.

Индигииркэҕэ сордоҥ, сыалыһар, чугачаан үөскүүр. Олохтоохтор дьарҕаа балык саамай үчүгэйин бэлиэтииллэр.

Видеоҕа Егор Слепцов устар уонна кэпсиир:

Балыксыт ытын оҕотун илдьэ сылдьан, араас көрүдьүөс түгэннэр эмиэ буолалларын Любовь Приходька үөрэ-көтө кэпсээтэ.

Хаартыска: Любовь Приходько тиксэриитэ

This post was published on 02.11.2024 13:01 13:01