Муома улууһун олохтоохторо -35 кыраадыска дөлүһүөннээтилэр

Бастакы кыһыҥҥы ый буолла да, Муома улууһугар отон хомуйуу салҕанар. Соболоохтон сылдьар СИА ааҕааччылара  дөлүһүөн хомуйа сылдьар хаартыскаларын үллэһиннилэр.

«Бүгүн нэһилиэк олохтоохторо Розалия Тарабукина уонна Мария Хабарова биир биэдирэ дөлүһүөн хомуйдулар. Дьиҥэ, биһиэхэ кыһыҥҥылыы тымныы турар: күнүс — 35 кыраадыс кыраадыс этэ», — диэн хаартыска ааптара үллэстэр.

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ, улууска хаар сыппыта ырааппытын үрдүнэн, Соболоох олохтоохторо сугуннабыттара.

This post was published on 03.11.2022 09:03 09:03