Балаҕан ыйын 14 күнүгэр оройуон баһылыгын солбуйааччытын дьаһалынан оройуон санитарнай- эпидемиологическай туругун тупсарыыга «Чистая Арктика» диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн оройуон бары нэһилиэктэригэр ырааһырдыы субуотунньуктара ыытыллыахтара.
Хонуу бөһүөлэгэр «Саха АССР 100 сылыгар 100 үүнээйини» акциянан көҕөрдүү үлэтин тэрийиэхтэрэ.
Оройуон бары олохтоохторун күһүҥҥү ырааһырдыы субуотунньуктарыгар көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыраллар, суруйар телеграм-ханаалга «Индигир уоттара» хаһыат.
This post was published on 14.09.2022 16:22 16:22