Быйыл Муомаҕа субуруччу 30-тан тахса кыраадыска тиийэ куйаас күннэр сатыылааннар, дьон-сэргэ үөрэ-көтө сөтүөлээн, сайын үчүгэйин оҕо-аймах билэн дуоһуйа сылдьар кэмэ. Ол эрээри бөһүөлэктэри хойуу буруо кэлэн бүрүйэр.
Муома оройуонун тула баар атын улуустар баһаардарын буруота кэлэр диэн быһаараллар. Оройуоннааҕы ыксаллаах быһыы-майгы салаатын салайааччыта Николай Онопров иһитиннэрэр:
— Бүгүҥҥү туругунан оройуоҥҥа алта ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, оройуон кыраныыссатынан спутнигынан билэ-көрө олоробут, күнүнэн уларыйа турар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Хонуу бөһүөлэгиттэн 5 км-тан чугас Тирэхтээх учаастагар турбут баһаары умулуннарыыга 4 күн устата барыта 79 киһи тахсан, күнү-түүнү аахсыбакка, үлэлээтилэр. Манна баһаарынайдар уонна суол тэрилтэтин көлөлөрө күн аайы сырыттылар. Онон баһаары умулуннаран тохтоттубут, олорор бөһүөлэккэ, стратегическай суолталаах эбийиэктэргэ куттал суох.
Билигин Буор Сыһыы бөһүлэгиттэн 10 км-тан чугас Чараҥ күөлэ диэн учаастакка ойуур баһаара баар. Оттуур ходуһаларга, тыаҕа баар дьон үүтээнигэр кутталы үөскэтэр. Баһаары умулуннарыыга 12-лии, 20-лии киһинэн бөһүөлэк дьоно иккитэ баран кэллилэр.
Олохтоох баһылык Борис Заровняев тус хонтуруолга тутар: “Тыал хайысхата уларыйа турар, күүһүрэр кэмигэр уота күөдьүйэн, баһаар сирэ кэҥиир. Биллэрин курдук, тыа баһаара үксүн киһи-сүөһү тиийбэт, уута суох, кураанах сиргэ барар. Кырдьыга, техника тиийэр эрэ сиригэр барар кыахтаахпыт”.