Муома улууһугар хаар түстэ

Муома оройуонун Сасыр нэһилиэгэр хаар түстэ. Хаар түспүт нэһилиэк хаартыскатын Kyym.ru телеграм-ханаал таһаарда. Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 24-25 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-илин өттүгэр тоҥоруу буолара күүтүллэр. Температура -4 кыраадыска диэри түһүөҕэ.

This post was published on 23.08.2023 14:02 14:02