Муома оройуонугар быыбар учаастактара сарсыарда 8 чаастан үлэлииллэр. Манна бүгүн Индигир, Чыбааҕылаах, Төбүлэх уонна Улахан Чыыстай нэһилиэктэрин баһылыктарын уонна депутаттары талыахтара.
Быыбар саҕаланыытыгар Россия былааҕын күөрэччи көтөхтүлэр уонна өрөгөйүн ырыатын тыаһаттылар.
Муома бириэмэтинэн 10 чаастааҕы көрдөрүүнэн 193 быыбардаабыт буоллаҕына, 3 чаастааҕынан — 593 (19,3%) киһи быраабын туһанна.
Учаастактарга «Роспотребнадзор» тэрилтэ ирдэбиллэрэ тутуһуллаллар. Куоластааһын хаамыытын кэтээн көрөөччүлэр маныыллар.
Куоластааһын киэһэ 20 чааска диэри ыытыллыаҕа.
Ааптар: Валентина Старостина, «Индигир уоттара» хаһыат
This post was published on 11.09.2022 13:30 13:30