Муома оҕолоро Ойуунускайдыы ыллаатылар

Муома орто оскуолатыгар  Былатыан Ойуунускай үбүлүөйүгэр анаммыт “Мин ырыам ылланыа, мин аатым ааттаныа…” киэһэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Анабыл киэһэни саха тылын уонна литературатын учууталлара Татьяна Данилова, Саргылана Винокурова истиҥ-иһирэх тылларынан кыайа-хото салайан ыыттылар. Тэрээһин бастакы түһүмэҕин 7 “Б” кылаас кыргыттара “Таатта үрэх үрдүгэр” диэн ырыанан саҕалаатылар.


Муома орто оскуолатыгар  Былатыан Ойуунускай үбүлүөйүгэр анаммыт ырыа кэмигэр слайдарынан суруйааччы П.А. Ойуунускай оҕо эрдэҕинээҕи кэмнэрэ көстөллөр. Салгыы оҕо саҥата “Оҕо куйуурдуу турара” айымньыттан быһа тардыыны ааҕар. Биллэрин курдук, Былатыан Ойуунускай оҕо сааһа 10 оҕолоох дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр ааспыта. Кини Чычымахха аһыллыбыт оскуолаҕа 14 сааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Төрөппүттэрэ дьадаҥы буоланнар: “Өйүөм суох буолан тарынан, тар бараннаҕына, бэс үөрэнэн эбэтэр сааһын куйуурдаан, үксүн ыал устун сылдьан остуоруйалаан, таабырыннаан, олоҥхолоон үөрэнэрим,” – диэн ахтара. Бу кэмин “Оҕо куйуурдуу турара” диэн киһи харааста ааҕар кыракый кэпсээнигэр суруйбута. Экраҥҥа суруйааччы олоҕун ааптар кэпсиир кэмигэр бииртэн-биир олоҕуттан өйдөбүл слайдалар, учууталлар Татьяна Данилова, Любовь Сидорова, Анна Слепцова поэт хоһооннорун ааҕыылара ситэрэн биэрдилэр.

5-7 кылаас үөрэнээччилэрэ Мончурин Володя, Ньургустан Петров, Костя Архипов, Толя Васильев (5 “А” кыл.), Грета Иванова, Марианна Слепцова, Эрхан Слепцов (7 ”Б” кыл.), Аня Корякина, Айна Гоголева ( 7 “А” кыл), Сережа Хабаров (8 “Б”кыл. ) П.А. Ойуунускай биир сүдү үлэтиттэн  —  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан оллоонноон олорон толордулар. Манна Архипов Костя ис-иһиттэн иэйэн-куойан  туран итэҕэтиилээхтик толоруутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Толоруу кэмигэр үөрэнээччилэр бу олоҥхоҕо аналлаах уруһуйдара слайдаҕа көстөн, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ис хоһоонун дириҥэтэн биэрдэ.

“Айымньы түһүлгэтэ” диэн ааттанан хоһоон күрэҕэ ыытылынна. Манна кылаастарынан, бөлөхтөрүнэн П.А. Ойуунускай айымньыларынан оҕолор ол сыллары санатар таҥастары кэтэн тахсан, хоһооннору аахтылар. Биэс киһилээх дьүүллүүр сүбэ күрэх түмүгүн таһаарда. 5-7 кылаастар бөлөхтөрүгэр “Көҥүл ырыата” (7 “Б” кыл), “Өрүөл кэриэһэ” (5”А”), “Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан” (7”А”) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэргэ тигистилэр.  8-11 кылаастар бөлөхтөрүгэр “Татыйык ыллыыра” (10 “А”), “Эргэ үҥкүүлэр – саҥа хоһооттор” (8 “Б”), “Кэтэһии” (8 “А”) миэстэлэргэ тигистилэр. Ону сэргэ нуучча кылааһын үөрэнээччилэрэ маннык күрэхтэн туора турбакка П.А. Ойуунускай хоһооннорун нууччалыы ааҕыыга кыттыстылар. Санаттахха, П.А. Ойуунускай дэгиттэр талааннаах суруйааччы, поэт, кэпсээнньит, сэһэнньит, драматург быһыытынан биллибитин таһынан нуучча, омук суруйааччыларын айымньыларын хото сахалыы тылбаастаабыта.  Манна дьүүллүүр сүбэ 5-7 кылаастарга “Не все ли равно?” (7 “В”), “Мимоза” (5 “Б”), “Синица распевает” (5 “В”) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри анаата. 8-11 кылаастарга “Заветы орла” (9”Г”), “Арина, здравствуй, лучшая из лучших” (8 “В”), “Любовь к морю” (10 “Б”) инники миэстэлэргэ тигистилэр. Атын кыттыбыт кылаастар бары анал биһирэбил бириистэргэ тиксэн үөрүүлэрэ үксээтэ.

“Литературнай киэһэбитин  тэрийсибит олохтоох “Арчы” дьиэтин салайааччытыгар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Ирина Николаевна Слепцоваҕа, “Осикат” култуурунай киин  үлэһиттэригэр, чуолаан Т.А. Апросимова аатынан норуот тыйаатырын режиссеругар Н.Н. Нестеровка махталбытын тиэрдэбит. Ону сэргэ тэрээһини көҕүлээһиҥҥэ кыттыспыт бары кылаастар салайаччыларыгар  махтанабыт. Үбүлүөйгэ аналлаах киэҥ ис хоһонноох кылаас  чаастара,  П.А. Ойуунускай айымньыларынан, кини олоҕун сырдатар кинигэлэринэн анал быыстапка тэриллибиттэрэ. Бу анабыл киэһэҕэ П.А. Ойуунускай айымньыларыгар уонна кини олоҕун туһунан биктэриинэҕэ оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар”, – диэн учуутал Татьяна Ивановна санаатын үллэһиннэ.

Ааптар: «Индигир уоттара» хаһыат.

This post was published on 23.11.2018 17:02 17:02