Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев бэҕэһээ Муома улууһун баһылыгын Иван Павловы кытары көрүстэ. Өрүттэр «Муома» национальнай паарканы тэрийии туһунан кэпсэттилэр.
Муома улууһугар «Муома» национальнай паарка, өрөспүүбүлүкэ суолталаах «Чыыбаҕалаах» ресурснай резерват тэриллэллэрэ былааннанар.
Маны таһынан салайааччылар улууска сири туһанааччылары хонтуруоллуур наадатын кэпсэттилэр, быйылгы үлэни торумнаатылар.
This post was published on 12.01.2021 15:01 15:01