Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Муома улууһугар көс оскуола үлэтин саҕалаата. Эбээн норуотун бастакы суруйааччыта Н.С. Тарабукин аатынан Улахан Чыыстайдааҕы орто оскуолатын иһинэн үлэлиир көс оскуолатыгар Билии күнэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Улахан Чыыстайдааҕы начаалынай кылаас учуутала Оксана Семеновна Громова бу көс оскуолатыгар онус сылын ситиһиилээхтик үлэлиир. Кини быйыл оскуола иннинээҕи саастаах икки оҕоҕо иитээччи уонна 2-ис, 3-үс уонна 4-үс кылаастары үөрэтэр.
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ 2008 сыллаахха “Саха сирин көс оскуолаларын туһунан” сокуон ылыллыаҕыттан кыра саастаах оҕолору дьонноруттан тэйиппэккэ ыстаада миэстэлэригэр үөрэтии саҕаламмыта. Онно олоҕуран Сааһыырга 2009 сыллаахтан Николай Васильевич Худи-Харючи аатынан таба ыстаадатыгар, көс общинатын базатыгар көс оскуола тэриллибитэ.
Санаттахха, бу община 2019 сыллаахха Громовтар династияларыгар туһуламмыт, таба иитиитин салаатыгар үрдүк көрдөрүүтүн иһин СӨ Ил Дарханын гранын ылары ситиспитэ.
Манна оҕолор төрөппүттэриттэн ыраах тэйбэккэ тэҥҥэ олорон, олох оскуолатын дьүөрэлээн бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан ааҕарга-суруйарга, өбүгэлэрин үгэстэрин дириҥэтэн үөрэтэллэр. Оҕолор начаалынай кылаас кэнниттэн бөһүөлэккэ киирэн интернакка олорон үөрэнэллэр, үрдүкү кылаастарга “2-ис разрядтаах табаһыт” идэтин баһылыылларыгар кыах бэриллэр.
Ити курдук табаһыт идэтин баһылыырга, айылҕалыын ситим быстыбатын туһугар үлэ утумнаахтык барар. Сайыҥҥы өттүгэр сылын аайы ыстаадаҕа уонунан оҕо-аймах мустар, көс лааҕыр тэриллэн үлэлиир. Быйылгы лааҕырга 15 оҕо сырытта, оҕолор кэлэр сайыҥҥа диэри эргиллэр санаалаах бөһүөлэккэ киирэн, оскуолаҕа үөрэхтэрин саҕалаатылар.