23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Муомаҕа томороон тымныыга сүгэ-өтүйэ тыаһа тохтообокко тиҥийэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Муома улууһугар тымныы күн-дьыл үгэннээн турар. Ол эрэн бу томороон тымныыга оройуон киинигэр — Хонууга — сарсыарда аҕыс чаастан саҕалаан, сүгэ-өтүйэ тыаһа биир кэм тиҥийэр, диэн СИА-ҕа суруйда Валентина Старостина.

Хонууга Спортивнай микрооройуоҥҥа 16 кыбартыыралаах икки мэндиэмэннээх саҥа панельнай дьиэ тутуллар. Манна аны күһүн, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар түбэспит дьон, олохсуйуохтара.

Тутууну «Туймаада-Строй» тэрилтэ ыытар.

Тутуу хаамыытын туһунан прораб Виктор Ноговицынтан кэпсээтэ:

— Улахан тымныылар түһүөхтэрин иннинэ дьиэ үрдүн сабан, черепицанан бүрүйэр соруктаахпыт. Ол кэннэ тутуу тохтуур. Онтон аны саас халлаан сылыйдаҕына, элбэх киһилээх биригээдэ кэлэн хоннохтоохтук ылсан, тутуу күүскэ барыа. Кыһыҥҥы суолунан отделка матырыйаала толору кэллэр эрэ, аны күһүн дьиэ үлэҕэ киириэ.

Эдэр прораб архитектор-тутааччы идэлээх. «Хоту дойдуга бу бастакы дьиэм» диир. Дьиэ МХМ матырыйаалынан тутуллар. МХМ сылаас уонна мастан оҥоһуллубут буолан, экология өттүнэн ыраас, араас буортулаах веществолары таһаарбатынан биллэр. Онон дьиэ сылаас буолар ини диэн эрэнэбит.

Түргэнник тутуллар матырыйаал буолан, дьиэ кылгас кэм иһигэр харахпыт ортотугар дьэндэйэн таҕыста. Билигин биригээдэҕэ алта тутааччы үлэлиир. Уолаттар сарсыарда аҕыстан киэһэ сэттэҕэ диэри туруулаһаллар. Үлэлиир сирдэрин прожекторынан сырдатыналлар. «Бу тымныыга тоҥмоккут дуо» диэн ыйыппыппар, «Хамсана сылдьар буолан улаханнык тоҥмоппут» дииллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, суол нөҥүө эмиэ биир улахан тутуу — балыыһа комплекса турар. Комплекс эһиил баччаҕа үлэҕэ киириэхтээх. Онон сотору кэминэн бу микрооройуоҥҥа саҥа тутуулар дьэндэйэн үлэҕэ киириэхтэрэ. Оттон билигин сарсыардааҥы дьыбарга сүгэ-өтүйэ тохтоло суох тыаһыыр.

Ааптар: Валентина Старостин, Муома улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА