Муома оройуонугар 15 лааҕыр тэриллэн оҕо сынньалаҥын түстүүллэр. Маны таһынан оҕолор Дьокуускай, Сочи санаторийдарыгар сынньаныахтара. Сайыҥҥы сынньалаҥынан барыта 524 оҕо хабыллыа.
Муома начаалынай оскуолата оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар. Оскуола салалтатын туруорсуутунан, Суон Тиит биир кэрэ айылҕалаах сиригэр «Олимп» диэн олус тупсаҕай оҥоһуулаах сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕыра тутуллубута.
Лааҕыр бастакы сезонун кыттыылаахтара сайыҥҥы сынньалаҥнарынан дуоһуйбуттарын кэпсииллэр.
Скрыбыкина Мичийэ: Лааҕыры наһаа сөбүлээтим, наһаа элбэх оҕону кытта билистим, кинилэри кытта ыкса доҕордостум. Лааҕырга араас күрэхтэһиилэр ыытылыннылар, дискотекалар буоллулар. Эһиил эмиэ бу лааҕырга сынньана кэлиэм.
Архипова Вика: «Олимп» лааҕыры наһаа үчүгэй дии санаатым. Наһаа минньигэстик аһаталлар. Кемпиннэрбитин бэйэбит көрүнэ сылдьабыт, хомуйабыт. Утуйар сирбитин тымныы күннэргэ обогреватель холбоон сылыталлар этэ. Бу лааҕырга өссө да кэлиэм дии саныыбын.
Жирков Алеша: Оҕолору кытта иллэҥ кэммитигэр оонньуубут, куоталаһабыт. Манна чугас баар бааһынаҕа баран оҕуруот үлэтин көрбүппүт, редискэ сиэбиппит. Итии күннэр турдахтарына, карьерга сөтүөлүөхтээх этибит.
Анастасия Соркомова, баһаатай: Лааҕырга үлэлиир наһаа үчүгэй эбит дии санаатым. Оҕолорбутун кытта тэҥҥэ оонньоон, ардыгар мэниктээн да ылан тэҥ саастыылаахтар курдук сырыттыбыт. Оҕолорбутун кытта ыкса доҕордостубут, кистэлэҥнэрин кэпсэтэбит. Манныкка бэриэмэ түргэн баҕайытык ааһар эбит. Оҕолор, мин санаабар, олус үөрдүлэр.
Туйаара Ефимова, баһаатай: Бу лааҕырга мин практикабын ааһа таарыйа үлэлии сылдьабын. Бастакы практикам буолан барыта саҥа, сонун, үчүгэй, интэриэһинэй. Манна үлэлээн элбэҕи биллим, уопутурдум, күн аайы оҕолортон саҥаттан саҥаны билэҕин, истэҕин. Баһаатай буолар улахан эппиэтинэстээх эбит. Оҕолор үксэ бары наһаа көхтөөхтөр, үөрэ-көтө оонньууллар, ончу кыбыстыбаттар, барытыгар кыттан иһэллэр. Ону кытта биһиги эмиэ үөрэбит-көтөбүт.
Тогмитова Д.М., «Олимп» лааҕыр начальнига: «Олимп» лааҕыр иккис сайынын үлэлиир. Бастакы сезоҥҥа 40 оҕо сырытта. Оҕолор режими тутуһарга үөрэннилэр, бириэмэнэн тураллар, аһыыллар, сынньаналлар, доруобуйаларын тургутуннулар. Манна оҕолор күҥҥэ биэстэ аһыыллар. Аспыт эт, балык, бурдук ас. Лааҕырга, бастатан туран, интэриэһинэй дьарыктаах дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийбиппит. Холобур, Аан айылҕа пааркатыттан инспектор Албан Старков кэлэн төрөөбүт дойду айылҕатын харыстааһын туһунан бэсиэдэни аахпыта. Маны таһынан Албан Иванович опыттаах педагог быһыытынан уолаттары мунньан, уол оҕо хайдах буолуохтааҕын, тугу сатыахтааҕын, спордунан хайдах дьарыктаныахха сөбүн кэпсээбитэ. Бэйэтэ тренердии сылдьыбыт буолан, уолаттарга тустууга маастар-кылаас ыытан ааста. Маны таһынан оҕолор талааннарын арыйыыга араас капустниктар, арбузниктар, театр күнэ, киинэ күнэ буолан аастылар. Лааҕырга оҕолор тымныы уунан суунарга, сарсыарда эрдэ турарга үөрэннилэр, сөрүүн салгыҥҥа тахсан зарядкалаан доруобуйаларын бөҕөргөтүннүлэр. Кыра кылаас үөрэнээччилэрэ буолалларын быһыытынан кинигэ ааҕалларын умнубатыбыт.
This post was published on 22.07.2016 18:30 18:30