Муома улууһун кииннэммит библиотеката дьону-сэргэни түмэ тардан дьоһун уонна сонун тэрээһиннэри ыытарынан республикаҕа хотуларга бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэр.
Библиотека күнүн чэрчитинэн «Библионочь-2016. Читай кино» диэн дьиҥ-чахчы киһи эрэ барыта астынар, сүргэтэ көтөҕүллэр тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Киинэ искусствотыгар уонна көрөөччүгэ таптал мантан эмиэ көстөр.Библиотекаҕа киирээти кытта – сэбиэскэй кэм киинэтин артыыстарын аккырыыкка-коллекциялара көрсөллөр. Салгыы уус-уран литература айымньыларыттан киинэ устуллубут экспозицията туруоруллубут. Манна «Тарас Бульба», «Летят журавли», «Доживем до понедельника», о. д. а. бааллар. Аттыгар «Украина» киинэ аппараат, былыргы киинэ-бобина экспонат буоланнар ааспыт кэми санатан ылаллар. Кэлбит дьон, быһа барыллаан 70-чалар, Юрий Никулин, Андрей Миронов, Мерилин Монро киһи саҕа кээмэйдээх манекеннарын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Быыһыгар, уот харахха миэстэтигэр уонна кэмигэр диэбиттии, аны самодеятельнай худуоһунньук Егор Егорович Соркомов хартыыналарын быыстапкатын дуоһуйа көрдүбүт.
Саалаҕа «Кавказская пленница» фрагменнара көстөллөр. Туйаара Потапова бары таптыыр ырыабытын твист үҥкүүлээн толорор, үгүстэр ыллаһаллар, ытыс тыаһа уҕараабат. Народнай поэт Иван Мигалкин «Библиотекарь кыргыттар» ырыатын библиотекардар ансаамбыллара толорбутун өссө да истэ олоруохпутун бүтэрэ кэллэҕэ. Оройуон киносетин ветераннара — киномеханиктар Н. П. Потапова, О. И. Герасимова, И. И. Захарова, Е. А. Атласова, М. Р. Скороходкина, О. С. Стручкова сыанаҕа таҕыстылар, кинилэри директор Ю. А. Сюльская эҕэрдэлээтэ,
17 сыл устата киносеть директорынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Мария Романовна Скороходкина.
– Россияҕа киинэ сыла биллэриллибитэ дойдуга сүҥкэн үчүгэй уларыйыылар тахсалларын туоһута. Ааспыт үйэ бүтүүтүттэн саҥа үйэҕэ үктэниэхпитигэр диэри уонтан тахса сыл устата норуот духуобунай сайдыыта иэрэҥ-саараҥ туруктаммыта. Холобур, литература сыла баар балаһыанньаны ыраас мууска уурбута. Аралдьытар-саататар уус-уран айымньылар кылгас үйэлээхтэрэ чопчуламмыта. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ нэһилиэстибэ быһыытынан хаалар дириҥ хорутуулаах айымньылар наадалара ыйыллыбыта. Киинэ сыла син-биир бу курдук улахан оруоллаах. Көрөөт да умнар сериалларбыт өйү-санааны өрүкүтэн инникигэ хардыы оҥороллоро саарбах. Онон киһи киһитинэн кэрэтин, сүрэх сылааһын, дууһа иэйиитин, үрдүк ыра санааны, үтүөҕэ-үчүгэйгэ эрэ дьулууру көрдөрөр киинэлэри көрөөччү суохтуурун учуоттаан кэми куоһарар айымньыларга олуктар охсуллуохтара. Мин үс пятилетка устата хоту улуустарга бастаабыт киносеть үтүө суобастаах үлэһиттэрин аатыттан оройуоннааҕы кииннэммит библиотека коллективыгар, директор Юлия Августовнаҕа ыҥырыылаах ыалдьыт оҥорбуккутугар махтанабын. Культураны, искусствоны дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕаппыт нарын сарыннаах кыргыттар-дьахталлар, кырдьыга баара, мэлдьи кэриэтэ араас тэрээһиннэргэ умнууга хаалаллара хомолтолоох. Уон аҕыстыы киилэлээх киинэ бааҥкаларын сүгэн-көтөҕөн нэһилиэнньэ сынньаннын-дуоһуйдун диэн кинилэр, бэл диэтэр, дьиэтээҕи түбүктэрин иккис уочаракка туруораллара. Бүгүн бырааһынньык, онон үөрүү-көтүү тыллара эрэ үөһэ дайыахтаахтар. Ааспыты умнубат буола сатыаҕыҥ дуу, үлэ киһитигэр бочуот диэни бүгүн олохтоох библиотекаттан биллибит…
Киинэ кэрэ киэһэтэ «Муммуттар» сахалыы киинэнэн түмүктэннэ. Көрөөччүлэр киинэ-кафеҕа олорон омуннаатахха, тыыммакка да олорон көрдүлэр. Сахалыы киинэ сайдарын туһугар киэҥ санаа атастаһыыта буолла.
This post was published on 31.05.2016 17:05 17:05