Муомаҕа айаннаан иһэр улахан массыыналар тарыҥҥа хаайтардылар

Муома улууһугар кыһыҥҥы суолунан тыын суолталаах нэһилиэнньэ туттар табаара, aha-үөлэ, ону таһынан наадалаах мал, уматык, тутуу матырыйаала тиэллэн кэлэр. Бэҕэһээҥиттэн айан суолугар хаайтарыы таҕыста.

Сотору кэминэн Муома оройуонугар улахан тутуулар саҕаланыахтара. Улахан кыамталаах айан массыыналарын сырыылара сыыйыллан олорор. Ол эрэн бэҕэһээҥиттэн айан суолугар хаайтарыы таҕыста.

«Молдьоҕордоох» диэн сиргэ улахан тарыҥ тахсан, таһаҕаһы тиэммит массыыналар Төбүлэх сиригэр хаайтаран тураллар. Бэҕэһээ сарсыарда бу миэстэҕэ икки массыына баар эбит буоллаҕына, бу кэмҥэ уонтан тахса техника буолла.

Тарыҥ тахсыбыт сиригэр «Молдьоҕойдооххо» бэйэтигэр өссө уонча массыына турара этилиннэ. Хаайтарыы төһө өр буолара биллибэт. Тарыҥ сороҕор атын сиринэн сүүрэн хаалар дииллэр.

Төбүлэххэ тымныы күн-дьыл турар. Онон тарыҥ тоҥноҕуна, айан салҕаныан сөп.

Ааптар: Валентина Старостина, «Индигир уоттара» хаһыат инстаграм-сирэйэ

This post was published on 24.02.2022 13:01 13:01