Мунньуллар биэнсийэ быраабылалара уларыйдылар

Мунньуллар биэнсийэни төлүүргэ уурулла сытар страховкалыыр усунуостар баар бааннарыгар депозиттарга иэс суох буолуохтаах. РФ бырабыыталыстыбатын туһааннаах уурааҕа ахсынньы 4 күнүттэн үлэлээтэ.  


Докумуон биэнсийэ пуондатыгар сыл устата киирбит мунньуллар биэнсийэни үбүлээһиҥҥэ бэриллэр усунуос быраабылатыгар көннөрүүлэри киллэрдэ. Саҥа быраабыланан кирэдьииттиир тэрилтэлэр депозикка иэһэ суох буолуохтаахтар. Бу бааннарга сыһыаннаах. Үп кинилэргэ мунньуллар.

Ахсынньы 2 күнүгэр Федерация Сэбиэтэ 2021-2023 сылларга Биэнсийэ пуондатын бюджетын  туһунан сокуону бигэргэппитэ. Онно сурулларынан, страховкалыыр биэнсийэ индексацията 2021 сылга инфляция таһымыттан үрдүөхтээх, 6,3%-ҥа тэҥнэһиэхтээх. 2022 уонна 2023 сылларга страховкалыыр биэнсийэ туһааннааҕынан 5,9% уонна 5,6% үрдүөхтээх. Сэбиэт социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччыта Елена Бибикова эппитинэн, страховкалыыр биэнсийэ сыллааҕы орто кээмэйэ сааһынан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ 2021 сылга 17 400 солк тэҥнэһиэ, оттон 2023 сылга — 19 300 солк.

Социальнай биэнсийэ уонна судаарыстыбаттан хааччыллыылаах биэнсийэ 2021 сыл муус устар 1 күнүттэн 2,6 бырыһыанынан улаатыахтаах. 2022 сылга, сокуоҥҥа олоҕуран, социальнай биэнсийэ 8,5 бырыһыан индексацияланар, 2023 сылга — 0,9 бырыһыан.

This post was published on 07.12.2020 12:02 12:02