Ырытыы түмүгэ көрдөрбүтүнэн, улуустары кытта түһэрсиллэр сөбүлэһиилэр баһыйар үгүстэрэ көдьүүһэ суохтара быһаарыллыбыт. Онон, муниципальнай тэриллиилэри, куорат уокуруктарын кытта түһэрсиллэр сөбүлэһиилэр көдьүүстээхтик үлэлииллэрин туһугар бырабыыталыстыба маныаха баар бэрээдэги, сыһыаны тосту уларытар.
Муниципалитеттары кытта сөбүлэһиилэргэ сүрүннээн дьон-сэргэ кыһалҕатын быһаарыы киирэринэн, муниципалитеттар экономическай сулууспалара маныаха ураты улахан болҕомтону ууралларыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — экономика миниистирэ Алексей Стручков улуустар экономистарын кытта көрсүһүүгэ эттэ. Кини этэринэн, бу сулууспалар үлэлэриттэн өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан бэриллэр үбүнэн-харчынан көмө кээмэйэ быһаччы тутулуктанар.
«2017 сылтан түһэрсиллэр сөбүлэһии уларыйаҕа: бюджет ороскуотун көдьүүһүн улаатыннарыыга тустаах эбэһээтэлистибэлэр ылыллыахтара. Маннык усулуобуйа олохсуйдаҕына эрэ, социальнай эбийиэктэри тутууга, инвестиционнай бырагыраама олоххо киириитигэр судаарыстыба өйөбүлэ мэктиэлэниэн сөп», — диэн СИА-ҕа Алексей Стручков эттэ.
This post was published on 01.07.2016 10:17 10:17