Өрөспүүбүлүкэ парламеныгар коррупцияҕа сыһыаннаах сокуон барылын көрүөхтэрэ. Онно муниципалитеттар баһылыктара уонна депутаттар дохуоттарын уонна баайдарын-дуолларын туһунан сибидиэнньэ биэрэллэригэр кэһиилэри таһаардахтарына, сырыынньа сыһыан туттар туһунан этиллэр.
«Урукку өттүгэр муниципальнай дуоһунастаах дьон кэһиилэри таһаардахтарына тута биир миэрэ ылыллара — эрэли сүтэрии. Бу сиэрэ суох баһыы дии саныыбыт. Тоҕо диэтэххэ судаарыстыбаннай сулууспалаахха атын миэрэлэр эмиэ ылыллыахтарын сөп: сэрэтии, быыгабар уонна да атын», — диэн эттэ коррупцияҕа уонна атын кэһиилэргэ сэрэтэр үлэни ыытар СӨ баһылыгын иһинэн үлэлиир управление салайааччытын солбуйааччыта Елена Горохова.
Биэдэмистибэ бэрэстэбиитэлэ быһаарбытынан, бу сылтан муниципалитеттар баһылыктарыгар «сэрэтии» көрүллүө. Депутаттарга олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар үлэлиир дуоһунастан эбэтэр боломуочуйатыттан босхолооһун, инникитин болдьоҕо бүтүөр диэри эрдэтээҥи дуоһунаһыгар төннүбэтин туһунан этиллэр.
Маны сэргэ нэһилиэк депутаттара эмиэ дохуоттарын сибидиэнньэлэрин Управлениеҕа тиксэрэллэригэр эбээһинэстэнэллэрэ этилиннэ.
This post was published on 19.11.2019 17:18 17:18