Муниципалитеттар хамсаабат баай-дуол «учуота суох" хаһаайыттарын булуохтара

Муниципалитеттар хамсаабат баай-дуол хаһаайыттарын, ол иһигэр быраҕыллыбыт учаастактар бас билээччилэрин булан, кинилэр тустарынан анал реестрга киллэрэр быраабы ылыахтара.


Россияҕа хамсаабат баайдаах-дуоллаах хаһаайыттар бааллар, ити эрээри кинилэр эбийиэктэрин толору бас билиигэ ыларга ыксаабаттар.

Баайдарын-дуолларын ЕГРН учуотугар киллэриэхтээхтэр, онтон нолуок төлүөхтээхтэр.

Билигин Россия үрдүнэн маннык докумуона суох 25 мөл эбийиэк баар. Хаһаайыттары  учуокка ылыынан олохтоох муниципалитеттар дьарыктаналларыгар быраап бэрилиннэ.

Учуоттана сылдьар хамсаабат баай-дуол хаһаайынын булан, ЕГРН-ҥа киллэрэн, салгыы нолуок уорганыгар ыытыынан муниципальнай былаас дьарыктанарын туһунан сокуон бэс ыйын 29 күнүттэн үлэлиэҕэ. Кинилэргэ ИДьМ, ФНС, Росреестр, Биэнсийэ пуондата, нотариустар кыттыһыахтара.

This post was published on 01.06.2021 17:01 17:01