Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Денис Белозеров видеоконференцсибээс нөҥүө муниципалитеттар баһылыктарын кытта мунньахтаата. Дьоҕус уонна орто биисинэс бэрэстэбиитэллэрин өйүүр миэрэлэр уонна санитарнай-гигиеническай быраабылалары тутуһуу тустарынан кэпсэттилэр. СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Вице-премьер Денис Белозеров муниципалитеттар салайааччылара олохтоох предпринимателлэри суһаллык өйүүр миэрэлэри ылалларыгар эттэ. Бастатан туран, сир нолуогугар чэпчэтиини көрүүнү түргэтэтэллэригэр, быһа өйөбүллэр баар буолууларын ситиһэргэ.
«Биһиги хайдах хамсанарбытыттан дьоҕус уонна орто биисинэс үлэһиттэрин дьылҕата быһаарыллар», — диэтэ кини.
Предпринимательство министиэристибэтигэр туһаайан, дьоҕус уонна орто биисинэс бэрэстэбиитэллэригэр федеральнай таһымнаах өйөбүл туолуутун хонтуруоллуулларыгар сорудахтаата. Ол эбэтэр МРОТ кээмэйинэн үлэһиттэр хамнастарын чааһын төлөөһүн уонна нуул ыстаапкалаах кирэдьииттэри биэрии.