22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мукучу олохтоохторо дьиэҕэ олоруу быыһык кэмигэр доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду үрдүнэн дьиэҕэ олорор быыһык кэм дьаһалын Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин олохтоохторо ылыналлар. Сыстыганнаах дьаҥ тарҕамматыгар туруулаһаллар. Доруобуйаларын хайдах бөҕөргөтүнэллэрий? Тугу сүбэлииллэрий? Бу туһунан Мукучу модельнай бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ, суруналыыс Ия Им https://ulus.media саайтка суруйда.


“Дабаан” хаһыат үлэһиттэрэ коронавирус тарҕамматыгар ылыллар миэрэлэри барытын тутуһаллар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ дьаҥтан сэрэхтээх буолуу туһунан сырдата тураллар. Хаһыат былаан быһыытынан тахсар, дьон ааҕар.

Гоголева Анна Ивановна, асчыт:

– Луук, чеснок, лимон наар сии сылдьабыт. Нэдиэлэҕэ иккитэ кытыаны буруолатабыт. Өбүгэлэрбит дьаҥы буруонан үтэйэллэрэ.

Кычкина Анна Дмитриевна, физкультура учуутала:

– Элбэхтик хамсаныахха наада. Дьиэҕэ кыараҕас да буоллар, оҕолорбун дьарыктыыбын, сэрээккэлиибит, сибиэһэй салгын хайаан да наада. Тиэргэн иһигэр хаамаллар, сүүрэллэр, хаарга оонньууллар. Чеснок, луук сии үөрүйэхпит. Битэмииннээх, эт астар үчүгэйдэр, сибиэһэй үүтүнэн, суоратынан, үрүҥ аһынан эбээбит Агафья Даниловна уонна Арыылаахтан дьоммут хааччыйан абырыыллар.

Кычкина Анна Николаевна, иитээччи:

– Луугу, чесногу, ревити уонна араас битэмииннэри сиибит, гигиенаны тутуһабыт. Хаһаайыстыбаннай мыыла ордук. Дьонноох сиргэ мааска кэтэбит.

Бондарь Анна Петровна, биэнсийэлээх:

– Лимоны, апельсины, уопсайынан С битэмииннээх аһыы фрукталары сиэххэ наада. Гаастаах уунан муннубун, айахпын сайҕанабын, чесногы эмэн сиибин, сытын тыына сылдьабын. Оҕуруот аһын үүннэрэн салаат оҥостон сиибин, илиибин сылаас антибактериальнай мыыланан суунабын.

Борисова Мотрена Ильинична, иитээччи:

– Киһи бэйэтэ доруобуйатын көрүнүөхтээх, чөл олоҕу тутуһуохтаах, сөпкө аһыахтаах. Оҕоҕо бэйэ доруобуйатын харыстыыр туһунан өй угуохтаахпыт, оннук санааҕа иитиэхтээхпит. Биһиги луугу, чесногу сии сылдьабыт, оҕолорбут үрүҥ аһы сөбүлүүллэр. Күнүс, халлаан сылаас кэмигэр, хаар баһан, муус киллэрэн, хотон үлэтигэр көмөлөһөллөр. Оҕо хара үлэни үлэлиэхтээх, бэйэтэ баҕаран туран толкуйдаан үлэлиирин курдук усулуобуйа тэрийэр ордук.

Докторова Валерия Николаевна, дьаһалта исписэлииһэ:

– Имбири, мүөтү, лимоны булкуйан ону туттабыт.

Степанова Варвара Иннокентьевна, «Хапсаҕай» түһүлгэтин дириэктэрин солбуйааччы:

– Спортсменнарга битэмиин комплексын биэрбиппит, астарын сөпкө көрүнэн аһыыллар. «Азия оҕолоро» күрэххэ кыттааччылар физическэй ноҕоруускаларын толороллор. Дьиэбэр дөлүһүөн уутун иһэрдэбин, уолаттарбыт тиэргэҥҥэ тахсан оонньууллар.

Платонова Мария Ивановна, биэнсийэлээх:

– Ыраастык туттуу, дьиэ иһин сууйуу-сотуу, илиини суунуу, күөмэйи туустаах уонна суодалаах уунан сайҕаныы биһиги дьиэбитигэр эбэһээт туттуллар ньымалар.

Кычкина Татьяна Петровна, иитээччи:

– Сибиэһэйдии тоҥмут хаптаҕаһы ириэрэн кыратык саахардаан сиибит, лимоннаах чэйи иһэбит, бэйэ астарын аһыыбыт, таһырдьа үлэлиибит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА