«Мухтуя» айан суолугар быйыл 10 килэмиэтир өрөмүөннэнэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

«“Мухтуя” суол өрөмүөнэ Ил Дархан Айсен Сергеевич оһуобай хонтуруолугар тутуллар. Быйыл 19 км суолга ханатараак түһэрсиллэр, онтон уона быйыл үлэҕэ киирэр», — диэтэ Потапов.

Эрдэ регион баһылыга 2028 сылга диэри «Мухтуйаҕа» 96 км нуормаҕа киллэрэр соругу туруорбута. 2023 сылга 12 км, 2024 сылга — эбии 25 км оҥоһулунна.

Нүүйэ эбэни туоруур муоста «Безопасные качественные дороги» нацбырайыак чэрчитинэн тутулунна.

Күн бүгүн уопсайа 135,25 км суолтан, 38,75 км нуормаҕа эппиэттиир.

This post was published on 28.03.2025 13:03 13:03