Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин олохтоохторо байыаннай балыыһаҕа эмтэнэ сытар Саха саллааттарыгар икки куул куһу хомуйдулар. Куһу үргээн бэлэмнээһиҥҥэ АГАТУ устудьуоннара уонна үлэһиттэрэ көмөлөстүлэр. Бу күннэргэ волонтердар бэлэмнэммит кэһиини балыыһаларга тиэрдиэхтэрэ, диэн СИА кэпсиир.
«Биһиги саллааттарбыт төрөөбүт сирдэрин аһын олус ахталларын, ордук кус миинин иһиэхтэрин баҕаралларын туһунан кэпсээбиттэрэ. Кинилэри өйүүр уонна тыын көтөҕөр туһугар биһиги кинилэргэ кыра кэһии ыытарга быһаарынныбыт. Бу үлэни нэһилиэк дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Ульяна Слепцова иилээн-саҕалаан ыытта. Биллэрии оҥорбуппут, ким баҕалаах көмөлөһүөн син диэн, онуоха олохтоохтор ону тэҥэ ыаллыы турар нэһилиэктэртэн көмөлөһүөн баҕалаахтар суруйбуттара. Биһиги кылгас кэм иһигэр саллааттарга 50 куһу мустубут», — диэн нэһилиэк баһылыга Николай Аммосов кэпсээтэ.
Кустары ыраастыырга уонна тоҥорорго АГАТУ устудьуоннара көмөлөстүлэр. Бу күннэргэ «Саха» волонтердара балыыһаларга эмтэнэ сытар саха саллааттарыгар кэһиини тиэрдиэхтэрэ.
This post was published on 09.11.2022 15:06 15:06