Абый улууһун Муҥурдааҕар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа сөмөлүөт түһэр былаһааккатын күрүөтүн матырыйаалын ылыыга куоластаатылар, диэн суруйда @hotugukyym.
Бырайыак сметата 5 мөлүйүөн 95 тыһыынча солкуобай, ол иһигэр 2 мөлүйүөнэ – өрөспүүбүлүкэттэн, 100 тыһыынчата – нэһилиэнньэттэн, 30 тыһыынча – спонсордартан, атынын олохтоох бүддьүөт уйунар.
«Порт күрүөтүн үйэлээх буоллун диэн тимир турбалары уһааран оҥороору гынабыт. Былырыын нэһилиэнньэ биэрэр харчыта кыра буолан, сорох ирдэбилгэ баалбыт тиийбэккэ, бырагыраамаҕа хапсыбатахпыт. Онон быйыл спонсордары буллубут, субуотунньуктары эптибит, босхо матырыйаал көстүөх курдук, тыраахтары босхо уларсыах буоллубут», — диир Муҥурдаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Илья Зырянов.
This post was published on 24.11.2023 16:03 16:03