Бу күннэргэ Светлана Диодорова-Лаврентьева социальнай ситим нөҥүө таһаарбыт биллэриитин көрөн, үтүө санаалаах дьон тута инвалиднай кэлээскэлэри тиксэрбиттэрэ. Онон бүгүн суһаллык Москваҕа алта инвалиднай кэлээскэни ыыттылар.
«Бу барыта – норуот көмөтө. Статус суруйбуппун көрөн, дьон тута утары тахсыбыттара. Итиччэлээх улахан дьааһыктаах, биирдиитэ 20-лии киилэлээх кэлээскэлэри ыытар уустук. Хата, илдьэргэ сөбүлэспит, «Кэскил» издательскай киин дириэктэригэр Ольга Семеноваҕа барҕа махталбын тиэрдэбин! Итини ааһан Ольга Ивановна икки чымыдааны тобус-толору армейскай душтары, харысхаллары илдьэ барда. Маннык өйдүүр, өйүүр дьон баара – дьол!», — диэн Светлана Диодорова-Лаврентьева кэпсиир.
Оттон маны барытын сүгэр-көтөҕөр, тиэйэр киһинэн волонтер Дьулусхан Павлов буолар. Дьулусхан көмө наада диэтилэр даҕаны улгумнук сөбүлэһэн, ис санаатыттан көмөлөһөр.
«Кинитэ суох хайдах даҕаны кыаллыбат, маннык үтүө санаалаах оҕолорго махтанабыт. Аны буор босхо илдьэр «Якутия» авиахампаанньаҕа, грузовой массыынанан хааччыйар Бырабыыталыстыба автопааркатыгар, өйүүр-өйдүүр, көмөлөһөр, спонсордыыр дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит», — диэн Светлана Диодорова-Лаврентьева махтанар, суруйда Сайаана Львова, Саха сирэ саайт.
This post was published on 24.07.2024 14:35 14:35