Москуба зоопарката үрүҥ эһэҕэ аат иҥэрэргэ күрэх биллэриэ

Ыам ыйыгар Дьабарыкы Хайатыттан булуллубут үрүҥ эһэ Москуба зоопаркатыгар этэҥҥэ олохсуйбутун туһунан зоопарка пресс-сулууспата суруйар. Сотору кэминэн зоопарка эһэҕэ аат иҥэрэргэ күрэх биллэриэ.


Эһэ оҕотун доруобуйатын туруга үчүгэй, эти, балыгы итиэннэ фруктаны сөбүлээн сиир, диир зоопарка дириэктэрэ Светлана Акулова.

«Сотору киниэхэ аат иҥэрэргэ күрэх биллэриэхпит», — диир кини.

https://youtu.be/fSSyY_sxsMw 

This post was published on 23.07.2021 17:01 17:01