Москуба-Дьокуускай-Москуба хайысханан сөмөлүөтүнэн сырыы сыыдамсыйар

«Аэрофлот» авиахампаанньа алтынньы 2 күнүттэн Москуба-Дьокуускай-Москуба хайысханан быһа рейстэри оҥорон саҕалыа. Бу туһунан СИА Дьокуускай аэропордугар сигэнэн суруйар. Boeing 737-800 сөмөлүөтүнэн сырыылары хампаанньа күннэтэ (баскыһыанньаттан ураты) оҥоруо.


«Аэрофлот сөмөлүөттэрэ Дьокуускайга сайыҥҥы расписаниенан сарсыарда 8:10 түһүөхтэрэ, 9:30 көтүөхтэрэ. Күһүн-кыһын сарсыарда 6:00 чааска түһүөхтэрэ, 7:20 көтүөхтэрэ», — диир аэропорт пресс-сулууспата.

Эрдэ биллэриллибитинэн, балаҕан ыйын 20 күнүттэн «Сибирь»/S7 Airlines Москуба-Дьокуускай-Москуба хайысханан күннэтэ сырыылары оҥоруо. Итини таһынан, алтынньы 4 күнүттэн «Северный Ветер» (Nordwind Airlines) хампаанньа көтүүлэрин сөргүтүө.

This post was published on 31.08.2021 13:01 13:01