Монреаль Олимпиадатыгар саха тустууктарын кыайыылара 40 сылын туолла

Саха тустууктара Монрельга ыытыллыбыт ХХI-c Олимпийскай оонньууларга кыайыы өрөгөйүн ситиспит кэмнэрэ от ыйын 31 күнүгэр 40 сылын туолла. Бу күн Павел Пинигин «кыһыл көмүс», оттон Роман Дмитриев уонна Александр Иванов үрүҥ көмүс мэтээли кэппиттэрэ.


ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин иитиллээччилэрэ кыайыыга дьулуурдарын уонна дьиҥнээх дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүттэрэ.

76 кг диэри ыйааһыҥҥа Павел Пинигин американец Ллойд Кизеры кытта көбүөргэ тахсыбыта. Сүрүн утарсааччытын Павел Пинигин 12:1 ахсаанынан хоппута.

48 кг диэри ыйааһыҥҥа Роман Дмитриев Олимпиада иккис көмүс мэтээлин ылбыта эрээри, судьуйалар сиэрэ суох быһаарыыларынан ити мэтээли ылбатаҕа. Кыайыылааҕынан болгарин Хасан Исаев буолбута.

Сэбиэскэй кэм ыарахан ыйааһыҥҥа тустууга Леван Тедиашвили бу туһунан маннык диэбитэ: “Мин спортивнай олохпор арааһы көрбүтүм, ол эрээри Роман Дмитриевка сыһыаннаан судьуйа баламат быһаарыытын курдугу өссө көрө илигим. Киниттэн кыһыл көмүс мэтээли былдьаан ылбыттара”.

52 кг диэри ыйааһыҥҥа Александр Иванов алтата чаҕылхайдык кыайбыта уонна финалга Япония тустуугар Юдзи Такадаҕа хотторбута.

This post was published on 02.08.2016 10:40 10:40