Соторутааҕыта Россия бөдөҥ арыы оҥорон таһаарар тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бордууксуйаларын маҕаһыыннарга таһаарыыны тохтотор туһунан эттилэр. Федеральнайдааҕы атыы-эргиэн ситимнэрэ сыана бу табаар категориятыгар үрдүөн сөбүн сэрэттилэр. Биричиинэтэ — сиир арыы аҕыйаабыта уонна ороскуота улааппыта этилиннэ.
Саха сирин сүрүн брендэ «Молочный дождик» тэрилтэ ЯСИАҕа эппитинэн, 2024 сылга үүт собуота арыыга сыанатын ыаратарга күһэллибит. Ити арыы оҥорор сырье ыскылаакка киириитигэр уонна арыыны оҥоруутугар сыаната үрдээбитин кытта сибээстээх.
«Билигин сыананы, сырьену эрдэ хаһааммыт буоламмыт, тутан турабыт. Ити эрээри сыана үрдээбитэ дьон наадыйыытын аҕыйатта, атыы 5% түстэ. Маннык курдук атыы түһүүтэ салҕанар буолуохтаах. Салгыы туох буоларын борогунуостуур — ыарахан», — диэтэ собуот үпкэ дириэктэрэ Ольга Пак.
Сиһилии https://ysia.ru/molochnyj-dozhdik-obyasnil-prichiny-povysheniya-tsen-na-slivochnoe-maslo/
This post was published on 25.10.2024 10:29 10:29