Продюсер Марианна Скрыбыкина, режиссер Костас Марсан, оператор Искандер Иванов Лос-Анджелес куоракка Азия киинэлэрин фестивалыгар «Мой убийца» киинэни сүрэхтээтилэр.
Киинэ Asian World Film Festival куонкурус сүрүн бырагырааматыгар киирдэ. Көрөөччүлэр киинэни биһирээтилэр.
«АХШ дьоно-сэргэтэ Федор Достоевскай «Преступление и наказание» айымньытыгар холоотулар, Костаһы — Япония режиссеругар Акира Курасаваҕа тэҥнээтилэр, артыыстары, киинэ муусукатын уонна оператордар үлэлэрин хайҕаатылар. Ону таһынан киинэ бюджета улахана суоҕун сөхтүлэр», – диэтэ Марианна Скрыбыкина.
Омук дойдуларын прессатыгар анаан киинэни көрдөрүөхтэрэ. Фестивалга Азия 51 дойдуларыттан 27 киинэ кыттар. Тэрээһин алтынньы 24 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри ыытыллар.
This post was published on 27.10.2016 15:01 15:01