Тыа хаһаайыстыбатын министрин солбуйааччы Николай Афанасьев салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕө Модут нэһилиэгэр отчуоттаата. Мунньахха 75 киһи кэлэн, дьон-сэргэ республика биир улахан общественнай-политическай тэрээһинигэр интэриэһэ улаханын көрдөрдө.
Олохтоох оскуола директора Михаил Новиков саҥа оскуола тутуутугар туох үлэ барарын билиһиннэрдэ уонна правительствоттан өйөбүл көрдөөтө. Оскуола коллектива, нэһилиэнньэ харчы хомуйаннар, бастакы хардыылар бааллар. Тутуу докумуона 80%-на оҥоһуллубут. Экспертизата муус устарга барыахтаах. Компьютернай техникатын испииһэгэ оҥоһуллар. Онон, модуттар саамай улахан кыһалҕалара, оскуола тутуута оннуттан хамсаабыт курдук.
Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Николай Сокольников сылгы иитиитэ саха омугун төрүт дьарыга буоларынан, сокуон ылыныллан, хамнас, итии таҥас көрүллэрин, субсидия сыл аайы бэриллэрин туруоруста.
Өр сылларга совхоз директорынан үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан үтүөлэрдээх нэһилиэк биир ытыктанар киһитэ Степан Чирков оптимизация кэмигэр тыа сиригэр сүөһү, сылгы иитэн, бэйэни үлэнэн хааччынар кэм кэлбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Модуттар саамай оттуур-мастыыр, бултуур-алтыыр сирдэрин, Харбаайыга барар суолу, «Зона абсолютного покоя» диэн сабаннар, эрэй бөҕөнү көрсүбүттэр. Дьон сирбит-уоппут барыта «заказник» буолан, үрдүк сололоохтор эрэ бултуур-астыыр сирдэригэр кубулуйан, ханна да хаамар сирбит суох буолла диэн долгуйалларын биллэрдилэр.
Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Петр Терехов: «Эбии аһылыгы бэлэмнээһин программатынан субсидия көрүллэн, сиэмэ атыылаһыытыгар, ыһыы үлэтигэр, күрүө тутуутугар олус туһалаата, быраҕыллыбыт бааһыналары сөргүтүүгэ балайда үлэ барда. Саҥа үөрэнэн, табыллан үлэлээн истэхпитинэ, аны уларыйыылар киирэннэр, докумуоммутун саҥалыыттан оҥорорго күһэллэбит. Докумуоммутун хойутатар түгэммитигэр отоойкоҕо олоробут, былааммыт ыһыллар. Онон, уларыйыылары субу-субу киллэрбэккэ, ыстатыйаттан ыстатыйаҕа көспөккө, үлэлиэххэ наада», — диэн эттэ.
Ааптар: А. Корякина, сиһилии https://ulus.media/2020/02/13/moduttar-oskuola-tutuutun-turuorsallar/
This post was published on 13.02.2020 17:09 17:09