21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Модульнай дьиэ Булуҥ буурҕатын тулуйар кыахтааҕын дакаастаабыт

17:03, 10 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Биһиги оҥорор модульнай дьоҕус дьиэбит бары өттүнэн барыстаах. Саамай сүрүнэ, ыллыҥ да ханна баҕарар көһөрөн илдьэн туруоруохха сөп”, – диэн В. Ларионов аатынан физико-техническэй проблемаларга институт дириэктэрин инновацияҕа солбуйааччы Василий Ефимов кэпсиир.


Институт оҥорон таһаарар, экспериментальнай куорпуһугар «Дабаан» ХЭУо-ны кытта кыттыһан, модульнай дьиэни оҥорууну саҕалаабыттара. Былырыын баччаларга үс итинник дьиэни Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгин авиапордугар аһардар-хонтуруоллуур пуун быһыытынан туруоран бэрэбиэркэлээбиттэр. Кыһын устата этэҥҥэ турбут, сылааһы үчүгэйдик тутарын таһынан, буурҕаны тулуһарынан сөхтөрбүт. Тиэрмэс курдук бүтэй оҥоһуулаах. Бүгүн сакаас быһыытынан Үөһээ Бүлүү улууһугар итинник 16 дьиэни ыытаары бэлэмнии сылдьаллар

«Икки мэндиэмэннээҕи оҥорор кыахтаахпыт, дьиэни ойоҕоһунан уонна усталыы төһө баҕарар кэҥэтиэхпитин сөп. Эркинин икки ардыгар сылааһы тутар матырыйааллартан изоверы, базальт билиитэни уонна изоспаны туһанабыт, – диэн Василий Ефимов билиһиннэрэр. – Сууккаҕа икки объегы оҥорон таһаарар кыахтаахпыт. Маннык тутууну промышленнай хампаанньалар вахтовай бөһүөлэктэригэр туһаныахтарын сөп».

Бу дьиэ бырайыагын «Дабаан» ХЭУо дириэктэрэ Николай Пухов толкуйдаабыт. Ону олоххо киллэрэргэ анал таҥар-бүрүө тэрийэн, эдэр исписэлиистэр дьиэ бырайыагын ымпыгар-чымпыгар диэри кичэйэн оҥорбуттар. Оттон дьиэ тимир акылаатын сакаас быһыытынан Москваҕа уонна Новосибирскайга баар анал собуоттарга бырайыак быһыытынан оҥортороллор эбит. Тимир акылаат тиэллэн кэлбитин кэнниттэн эркинин манна баар сыахха таҥаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА