Бүгүҥҥүттэн, от ыйын 24 күнүттэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутааттарын быыбарыгар быыбардааччылар ханна тиийбиттэринэн «Мобильный избиратель» мэхэньиисиминэн куоластыылларын курдук, испииһэккэ киирэллэригэр сайабылыанньа ылыыта саҕаланна.
Бу туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэр.
Сайабылыанньаны балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри ханнык баҕарар Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ), Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа (ТИК) уонна «Госуслуги» портал нөҥүө биэриэххэ сөп. Оттон атырдьах ыйын 30 күнүттэн балаҕан ыйын 4 күнүгэр диэри ханнык баҕарар Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа (УИК) биэриэххэ эмиэ сөп.
Өскөтүн эһиги 2023 сыл балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр пропискаҕытынан бэйэҕит быыбардыыр учаастаккытыгар кыайан тиийбэт буоллаххытына, «Мобильный избиратель» мэхэньиисими туһанан Саха сирин ханнык баҕарар быыбардыыр учаастагар тиийэн куоластыаххытын сөп.
Санатан эттэххэ, муниципальнай быыбардарга «Мобильнай избиратель» мэхэньиисимэ туттуллубат.
Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 24.07.2023 17:25 17:25