Мобильнай быраастар Өлүөхүмэ улууһун 32 нэһилиэнньэлээх пуунун хабыахтара

Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ

Ааспыт нэдиэлэттэн Өлүөхүмэ улууһугар элбэх хайысхалаах мобильнай быраастар бөлөхтөрө үлэлиир. Үс бөлөҕүнэн барыта 32 нэһилиэнньэлээх пууну хабан, дьон-сэргэ доруобуйатын көрүөхтэрэ. Бу туһунан «Саха сирэ» суруйар.

Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһата иһитиннэрэринэн, бастакы бөлөх атырдьах ыйын 13 күнүттэн үлэтин саҕалаабыт. Күн бүгүн быраастар Чапаево бөлөх нэһилиэктэринэн сылдьаллар.

Атырдьах ыйын 15 күнүгэр тиийбит иккис бөлөх улуус киинин эргин сытар сэлиэнньэлэр олохтоохторун көрөллөр. Үһүс бөлөх атырдьах ыйын 17 күнүгэр көтөн тиийбит. Үлэлэрин өрөбүлгэ Заречнай бөһүөлэгиттэн саҕалаабыттар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥү күн туругунан быраастар номнуо 534 киһини көрбүттэр, итинтэн 126 оҕо. Быраастар балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри үлэлииллэрэ былааннанар.

Биригээдэҕэ харах бырааһа, эндокринолог, травматолог-ортопед, онколог, уо.д.а. исписэлиистэргэ тиийэ бааллар. Онон киинтэн ыраах сытар нэһилиэк олохтоохторо олорор сирдэриттэн ханна да ырааппакка үрдүк таһымнаах быраастарга көрдөрүнэр кыахтара үөскээн, быраастар көрөр нэһилиэктэрин ахсын сарсыардаттан дьон күө-дьаа буолан уочараттарын быһаарсаллар.

This post was published on 20.08.2024 11:13 11:13