Мобильнай быраастар 38 тыһ км салгынынан, 14 тыһ км кыһыҥҥы суолунан айаннаан, өрөспүүбүлүкэ хоту сытар, саамай түгэх нэһилиэктэригэр тиийдилэр. Бу Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар хаһан да буолбатах түгэнинэн буолар.
Ыраах, кыһалҕалаах айан суолун-ииһин ситэриилээх былаас уорганнара улуус дьаһалтатын кытта былааннаан быһаардылар. Сорох сирдэргэ быраастары буранынан, табаларынан, вездеходунан илтилэр. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ киинин быраастара 15 000 олохтооххо туһааннаах медицинскэй көмөнү оҥордулар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицинэ профилактикатын киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина этэринэн, улуус олохтоохторо СӨ Ил Дарханыгар Айсен Николаевка уонна быраастарга маннык бырайыак баарыгар махтаналлар.
“Мобильнай биригээдэлэр үс ый иһигэр, суол баарына, хоту улуустары барытын кэрийдилэр, олохтоохтору көрүү былаанын толордулар. Диагностика, консультация түмүгүнэн ис уорган, сүрэх-тымыр уонна эндокриннай систиэмэ ыарыыларын буллулар. Ыарыыны эрдэттэн быһаарыы кэмигэр сөптөөх эмтээһини, диспансернай кэтээн көрүүнү аныырга тоҕоостоох”, — диэн Алена Михайловна этэр, СИА-ҕа иһитиннэрдэ мобильнай биригээдэ.
This post was published on 04.05.2023 14:01 14:01