Өрөспүүбүлүкэ 14 улууһугар 173 мобильнай биригээдэ тэриллибит. Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар саамай элбэх биригээдэ тэриллибит диэн СИА суруйар.
Аммаҕа (30), Бүлүүгэ (26), Дьааҥыга (10), Горнайга (3), Мэҥэ-Хаҥаласка (15),Намҥа (15), Орто Халымаҕа (7),Тааттаҕа (19), Чурапчыга (17), Уус-Алдаҥҥа (20), Уус-Маайаҕа (2), Үөһээ Халымаҕа (3), Эбээн-Бытантайга уонна Сунтаарга (6) мобильнай биригээдэ тэриллибит.
Билигин биригээдэлэр чугас оттууллар, онтон ыраах сирдэргэ көһөн бириэхтэрэ диэн, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрдэ. Кинилэр барыта 23 тыһ туонна кэриҥэ оту бэлэмниэхтэрэ.
This post was published on 06.08.2020 12:05 12:05