Суотабай төлөпүөннэрин нүөмэригэр «мобильнай баан» өҥөтүн холботторбут дьон болҕомтотугар. Маннык бөрүкүтэ суох түбэлтэҕэ түбэспэт туһугар бу иһитиннэриини ааҕыҥ.
СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куораттан төрүттээх, ханна да үлэлээбэт 29 саастаах дьахтарга суут бириигэбэрэ тахсыбыт. Туох буруйу оҥорбут эбитий?
Суут быһаарбытынан, бу дьахтар аймаҕыттан суотабай төлөпүөнүгэр сим-каарта ылбыт. Ол нүөмэринэн тутта сылдьан, сим-каарта урукку хаһаайына «мобильнай баан» өҥөтүн холботторбутун билбит. Уонна онон туһанан, урукку хаһаайын счетуттан 18.100 солк. уоран, бэйэтин каартатын нүөмэригэр ыыппыт.
Суут уурааҕынан кини 2 сылга көҥүлэ быһыллара усулуобунайынан ааҕыллан, 1 сыл 6 ыйга тургутар болдьоххо анаммыт.
Онон, сим-каартаҕытын уларытаргытыгар «мобильнай баан» өҥөтүн араартараргытын умнумаҥ!
This post was published on 26.02.2018 17:00 17:00