Култуурунай көҕүлээһиннэргэ Президент пуондатын гранын кыайыылааҕа «Күн оҕолоро» айар бөлөх Моҕол Ураһа туһунан документальнай киинэ устуоҕа диэн, Саха сиринээҕи ресурснай киин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Киинэни устууга коммерческайа суох тэрилтэ 3,1 мөл солк ылбыт. Эбии төлөөһүнү кытта учуоттаан, уопсай ороскуот 4,4 мөл солк буолар. Айар бөлөх салайааччыта Сардааны Барабанова иһитиннэрбитинэн, бу бырайыактарын граҥҥа үстэ төхтөрүйэн биэрбиттэр.
«Сайаапка толоруута наһаа ыарахан, ити эрээри интэриэһинэй. Граннары суруйууга элбэх үөрэтэр видеолары көрбүтүм. Ресурснай киин семинардарын көтүппэккэ буола сатаабытым. Киин экспертэрэ куруук аттыбытыгар бааллар, хаһан баҕарар ыйытыыгар эппиэттииллэр. Сайаапка биэрээччи туругуттан наһаа элбэх тутулуктаах. Бырайыакпыт олоххо киирэр буолбутуттан наһаа үөрдүбүт. Култуура министиэристибэтигэр махтанабын, былырыын субсидия биэрбитэ. Киинэ геройдарыттан биирдэстэрэ Вячеслав Яроев өйүүр. Биир санаалаахтар, өйөбүл баар буоллаҕына — киһи үлэлииригэр эрчимирэр», — диэтэ Барабанова.
Сиһилии https://ysia.ru/o-mogol-urase-v-yakutii-snimut-dokumentalnyj-film/
This post was published on 15.09.2022 09:30 09:30