Үмит Шаһин: «Турцияттан эҕэрдэбин ыытабын!»

Күндү доҕотторум! Биллэн турар, быйыл куһаҕан дьаҥ барыбытын аймаан, күннээҕи олохпутун, турукпутун уларытта. Ол курдук, бырааһынньыктарбыт, атын даҕаны тэрээһиннэр ыытыллыбат буоллулар, эбэтэр тэйиччиттэн диэн буолла.


Миигин «сахам дьоно хайдах ыһыахтыай?» диэн санаа ордук үүйэ-хаайа тутар…
Ыһыах былыр-былыргыттан номоххо киирбит Эллэй Боотур саҕаттан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, бу күҥҥэ диэри өбүгэлэрбит сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин кэрэһитэ, айылҕалыын алтыһан, Үрдүк айыылартан күүс-уох, эрчим ылар сүдү күнэ буолар. Хас биирдии саха киһитэ Ыһыах түһүлгэтигэр өрө көтөҕүллүүлээхтик үктэнэр, Айыыларга, сир-дойду иччилэригэр сүгүрүйэн тус бэйэтигэр, чугас дьонугар үтүө олоҕу көрдөһөр.
Үгүс үйэлэри уҥуордаан норуот бу үтүө үгэһэ умнуллубакка, күн бүгүн Саха сиригэр олохсуйбут үгүс норуоттар сөбүлүүр, сүгүрүйэр, ылынар Ытык күннэринэн буолбута саарбаҕа суох. Ыһыах сырдыкка, үтүөҕэ тардыһыы, дьон кэккэтигэр тэҥҥэ сылдьыһар баҕа санаа, саха төрүт култууратыгар ытыктабыллаах сыһыан туоһутунан буолла.
Түмүктээн эттэххэ, барыгытыгар дьолу-соргуну, үрдүк таһымнаах үлэни баҕарабын. Дьоллоох буолуҥ. Үрүҥ Тунах ыһыахтарынан эҕэрдэ! «Үс Хатыҥҥа» түмсэн сомоҕолоһорбут тэҥэ, ыраахтан да олорон сүргэбитин көтөҕөн ыһыахтыаҕыҥ, дьиэлэрбитигэр да үрүҥ күнү көрсүөҕүҥ, сиэр-туом ситимин быһымыаҕыҥ. Кэлэр кэккэ сылларга олох оннун буларыгар итэҕэйиэҕиҥ, сырдыгы-үтүөнү эрэ түстүөҕүҥ!

Ыраахтан олорон кыттыһыам, үрдүк Айыыларга үҥүөм-сүктүөм! Дом! Турцияттан Үмит Шаһин, Анкара университетын научнай үлэһитэ.

Источник: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/umit/

This post was published on 21.06.2020 14:02 14:02