«Мисс Россия — 2025» куонкурус финалистката Валентина Михайлова национальнай көстүүмнэри көрдөрөргө таҥаһын билиһиннэрдэ. Бу түһүмэх үгэс курдук кэрэ куонкурус бырагырааматыгар биир саамай чаҕылхайынан ааҕыллар. Киниэхэ таҥаһы «Хотой» ателье маастардара оҥорбуттар.
Санатар буоллахха, ХИФУ устудьуона Валентина Михайлова куонкурус кыттыылаахтарын 50 кэрэ куотун ахсааныгар киирдэ. Финал алтынньы 4 күнүгэр «Барвиха Лuxury Village» кэнсиэр саалатыгар буолуоҕа.
This post was published on 26.09.2025 13:21 13:21