Мишустин Уһук Илиҥҥэ ипотека бырыһыанын бааннар өссө кыччатар былааннаахтарын эттэ

Сорох бааннар Уһук Илиҥҥэ эдэр ыалларга бэриллэр ипотека бырагырааматын ыстаапкатын өссө кыччатар былааннаахтар. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин вице-премьердары кытта мунньаҕар иһитиннэрдэ диэн СИА ТАСС-ка сигэнэн иһитиннэрэр. 


«Ааспыт сыл ахсынньытыттан биһиэхэ «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн 20 сылга болдьохтоох 2 бырыһыаннаах кирэдьиити дьиэ атыылаһыыга ылыахха сөп. Маннык өҥөнөн Россияҕа 7 000-тан тахса эдэр ыал туһанна«, — диэтэ Михаил Мишустин.

Кини эппитинэн, «коронавирус тарҕаммыт кэмигэр дьону өйүүр сыалтан сорох бааннар бу бырагырааманан ыстаапканы өссө кыччатар былааннаахтар».

This post was published on 28.04.2020 11:04 11:04