Мишустин регионнарга халаан уута ааһыытын эрдэттэн кэтэбилгэ ылалларыгар сорудахтаата

Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин регионнарга халаан уута ааһарын эрдэттэн тохтоло суох кэтэбилгэ ылалларыгар сорудахтаата уонна бу дьаһалга «болҕомтолоохтук уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһары» эттэ, суруйар ТАСС.


Миниистирдэр кабинеттарын баһылыга вице-премьердары кытта көрсүһүүтүгэр быйылгы халаан уута этэҥҥэ ааһарыгар бэлэмнээх буолууларын бэлиэтээтэ. «Сүрүн тиэмэ, тустаах биэдэмистибэлэр суһаллык дьаһаллары ылаллара ирдэнэр», — диэтэ кини. Премьер быһаарбытынан, «кыһын элбэх хаар түстэ, онон сорох регионнарга сааскы халаан уутугар ылларар куттал баар».

«Улахан эбэлэргэ тохтоло суох мониторинг ыытыллыахтаах. Дьаһалларга болҕомтолоохтук уонна эппиэтинэстээхтитк сыһыаннаһаргытыгар ыҥырабын», — диэтэ Мишустин мунньах кыттыылаахтарыгар.

Кини бэлиэтээбитинэн, дьон олоҕор куттал суоһуо суохтаах, итиэннэ эрдэттэн бэлэмнэнии хорумньу тахсыытын аҕыйатыахтаах.

Мишустин вице-премьердар Виктория Абрамченкоҕа уонна Юрий Борисовка «бу хайысханы регионнары кытта тэҥҥэ хонтуруолга тутуҥ уонна балаһыанньаны балаһыанньаны дакылааттыыргытыгар» диэтэ.

This post was published on 17.03.2021 12:01 12:01