РФ Премьер-миниистирэ Михаил Мишустин ипотека ыстаапката салгыы түһэр кыахтааҕын эттэ, ТАСС суруйар.
«Ыам ыйыгар, Россия Баанкатын дааннайынан, ыстаапка ортотунан 7,4%-ҥа диэри түспүтэ, билигин салгыы түһэрэр кыах баар, манна 6,5%-наах чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата олук уурар«, — диэтэ Мишустин.
Премьер-миниистир эппитинэн, Россия олохтоохторугар ипотеканы чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа биэрэр кыаҕы кэҥэтии баар. Манна сөптөөх бырабыыталыстыба уурааҕар илии баттаммыт.
Москва, Санкт-Петербург, Москва уонна Ленинград уобаластарыгар чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитэ 8 мөл солк-тан — 12 мөл солк диэри тириэрдилиннэ. Бырабыыталыстыба баһылыга эбэн эппитинэн, атын регионнарга 3 мөл солк-тан 6 мөл солк диэри суумата таһаарылынна.
Бу уларыйыыларынан дьон саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыра ылан, олорор усулуобуйаларын тупсарыахтаахтар.
This post was published on 30.06.2020 18:01 18:01