РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ипотека ставката үрдүгүн эттэ. Бааннар ставканы улаатыннарбат кыахтарын үөскэтэр наадатын бэлиэтээтэ диэн СИА РИА Новости сигэнэн суруйар.
«Бааннар ипотека ставкатын улаатыннарар кыахтара суох буоларын курдук тэриниэххэ наада. Ол инниттэн операция оҥоруутугар көрсөр ороскуоттарын уонна бааннар иһинээҕи саппаастарын оптимизациялыахха, тутааччылары кредиттиир быраабыланы чуолкайдыахха уонна онно олоҕуран фондирование сыанатын кыччатыахха» — диэтэ премьер Мишустин.
This post was published on 14.02.2020 09:54 09:54