Мирнэй оройуонугар “Анаабыр” массыына суолугар Чуоналыыр үрэҕи туоруур муостанан сырыы тохтотулунна.
“Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тутуллубут муоста саахалланар туруктаах”, — диэн массыына суолларын управлениетыттан иһитиннэрдилэр. Муостанан тырааныспар бары көрүҥнэрэ сылдьаллара тохтоото.
СИА.