Бэнидиэнньик сарсыарда Мииринэйгэ «Мир» рудниктан өссө да быыһана илик шахтердар аймахтара көтөн кэллилэр диэн СИА-ҕа «АЛРОСА» пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
Санатар эбит буоллахха, бээтинсэ күн 16:30 чааска «Мир» шахтаҕа техногеннай саахал тахсыбыта. Карьер тоҕо барыытыттан иһирдьэ элбэх уу киирбитэ. Ити кэмҥэ сменаҕа 151 киһи үлэлии сылдьыбыта. Билигин аҕыс киһини көрдүүр үлэ ыытыллар.
«Хайа үлэһиттэрин аймахтарын куорат гостиницатыгар олохтоотубут. Сөмөлүөтүнэн көтүү, олоруу ороскуотун хампаанньа бэйэтэ уйунар. Билигин дьоҥҥо психологтар көмөлөһөллөр«, — диэн биллэрдилэр.
Күнүс салалта шахтердар аймахтарын кытта көрсүө.
This post was published on 07.08.2017 13:41 13:41