От ыйын 28 күнүгэр Мирнэйгэ “Мир” рудник шахтатыгар уу киирэн, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитэ. Дьиҥэр, уу киириитэ икки күн иннинэ саҕаламмыт, диэн edersaas.ru иһитиннэрэр.
Шахта «Мир» карьер анныгар баар. Ити күн уу киириитэ күүһүрэн, насоснай отделениены ылбыта. Суһал мунньах тэриллэн, атын сиртэн носуостары аҕалан туруортаан, ууну оборторбуттара.
От ыйын 29 күнүгэр «Мир» рудник шахтатыгар хайа боруодата сууллан, комбайны уонна самосвалы баттаабыт. Комбайн машиниһа тугун да өлөрбөтөх буолан, бэйэтэ тахсыбыт. Самосвал суоппара эт-хаан эчэйиитин ылан сытарын өрүһүйбүттэр уонна тута Мирнэйдээҕи киин балыыһаҕа илдьибиттэр. Суоппар сиһин тоноҕоһун тоһуппутун быһааран, от ыйын 29 күнүн түүнүгэр анал рейсинэн Дьокуускайга аҕалбыттар.
Силиэстийэлиир орган үлэһиттэрэ буолбут быһылааны үөрэтэ сылдьаллар.
This post was published on 31.07.2017 14:29 14:29