Өлүөнэ муостата чугастааҕы биэс сылга тутуллуоҕа. Онно анаммыт концептуальнай быһаарыылар ылыллыбыттара. Ол туһунан ПМЭФ-2024 кэмигэр РИА Новостига «Минвостокразвития» баһылыга Алексей Чекунков интервью биэрдэ.
«Өлүөнэ муостатыгар саарбахтааһын суох. Муоста тутуллар. Регион уонна федеральнай өрүт кыттыытыгар балансировка буолла. Бары концептуальнай быһаарыылар ылылыннылар — муоста кэлэр биэс сылга тутуллар. Тутуу кэлэр сылга саҕаланар, биэс сыл иһигэр тутуллан бүтэр», — диэтэ миниистир.
Тутууну үбүлээһин туһунан этиигэ, Чекунков «50% федеральнай үп уонна 50% регион бюджетыттан көрүллэр» диэн эбэн эттэ.
Муостаны 2028 сылга диэри тутан бүтэрэр туһунан эрдэ Россия президенэ Владимир Путин эппитэ.
This post was published on 07.06.2024 14:28 14:28