Бүгүн Саха сиригэр аан бастакытын «Минньигэс бээтинсэ» дьаһал Дьокуускай куоракка ыытылынна. “Россельхозбаан” олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүр бырайыагын «Түмэн» кээпэрэтиип эттэн оҥоһуллубут аһа-үөлэ арыйда.
«Минньигэс бээтинсэҕэ» бааҥҥа кэлбит дьон, үлэһиттэр кыттыыны ыллылар. Кинилэр олохтоох аграрийдар хаһаайыстыбаларыттан ылыллар бородууксуйаттан оҥоһуллубут сибиэһэй эт аһы атыыластылар.
Бастакы тэрээһиҥҥэ «Түмэн» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кээпэрэтиибэ кытынна. ТХПК уонча сыл эт аһы оҥоруунан дьарыктанар. Тэрилтэ пельмень, халбаһы, эт, балык ас оҥорор сыахтардаах. “Тэрээһин олус ситиһиилээхтик ааста”, — диэтэ дириэктэр Альберт Стрекаловскай.
“«Минньигэс бээтинсэ» бырайыакка кыттар баан партнердара-атыыһыттар бэйэлэрин бородууксуйаларын тарҕатар иэннэрэ кэҥиир, оттон атыылаһааччылар олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүллэр, сөптөөх сыанаҕа бэйэ аһын ылаллар«, – диэтэ РСХБ Саха сирин салаатын дириэктэрин солбуйааччы Семен Иванов.
Пиэрмэрдэр бородууксуйаларын баан «Своё Родное» маркетплейсыгар эмиэ ылыахха сөп. Онно «Түмэн» эмиэ баар, диэн СИА-ҕа баан пресс-сулууспата кэпсээтэ.
This post was published on 15.04.2022 17:55 17:55