Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр Наука Аччыгый академиятыгар үбүлүөйдээх онус төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “МИНИСТР” дьыалабыай оонньуу кулун тутар 29 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Үбүлүөйдээх оонньууга барыта 112 кыттааччы баар, онтон 44-дэ кыргыттар, 68-һа эр дьон. Уопсайа 14 муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэлэ кэлбит. Оонньууга оскуола оҕолоро, устудьуоннар, судаарыстыбаннай сулууспа үлэһиттэрэ, үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ, бөдөҥ тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар кытталлар.
Оонньуу үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов видеонан эҕэрдэтин көрдөрдүлэр. Ону таһынан, урукку сыллар дьыалабыай оонньууларын кыттыылаахтара, билигин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспаҕа эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлии сылдьар дьон, «Анаабыр алмаастара» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев, СӨ экономикатын миниистирин э.т. Денис Белозеров, СӨ үп министрин бастакы солбуйааччыта Павел Багынанов уонна да атыттар видеонан эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
Тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин, кадр бэлиитикэтин, муниципальнай уонна судаарыстыбаннай сулууспа департаменын салайааччыта Андрей Мартынов, Ил Дархан сүбэһитэ Туяра Едисеева кытыннылар.
«Эһиги дьоллоох дьоҥҥут, тоҕо диэтэххэ, эһиги онус үбүлүөйдээх оонньуу кыттыылаахтара буолаҕыт. Ону тэҥэ, бу улахан эппиэтинэс буолар. Бу үс күн иһигэр эһиги төрөөбүт дойдугутугар туһалаах этиилэри киллэриэхтээххит” – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин.
“МИНИСТР” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньуу 2009 сылтан Ил Дархан Егор Борисов көҕүлээһининэн сыл аайы ыытыллар. Оонньуу эдэр ыччат научнай уонна айар-тутар кыахтарын сайыннарарга туһуланар. Итиэннэ СӨ социальнай-экономическэй сайдыытыгар инновационнай бырайыактары олоххо киллэрии уонна салайар үлэ каадырдарын саппааһын бэлэмнээһин буолар.
2009 сылтан саҕалаан барыта 62 хамаанда, 956 эдэр ыччат кыттыыны ылла, онтон 152 киһи өрөспүүбүлүкэ каадырын резервэтигэр баар, бу каадыр резервэтин 31 %буолар.
This post was published on 30.03.2018 17:15 17:15