Министиэристибэ сарсыарда аайы улуус эмчиттэрин үлэлэрин хонтуруоллуур

Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара олохтоохторун икки саастаах оҕолоро улаханнык ыалдьан, сүүрбэччэ хонук устата киин балыыһаҕа эмтэннэ. Билигин даҕаны үтүөрбэккэ сытар. 


Улуустааҕы дьаһалта баһылыга Михаил Захаров бу туһунан оҕо ийэтиттэн билэн, киин балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Коголлыын кэпсэппитэ. Ол кэннэ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопковы кытта сүбэлэспитэ.

Баһылыгы кытта кэпсэтии кэнниттэн бу түбэлтэни Доруобуйа харыстыбылын министиэристибэтэ бэйэтин болҕомтотугар ылан, оҕо доруобуйатыгар телемедицина нөҥүө анал консультация ыыттылар. Ол түмүгэр икки саастаах оҕо доруобуйатын Дьокуускайга анал клиникаҕа бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Бүгүн Уус-Ньараттан  оҕону ийэтин кытта эмчит арыаллаан, Национальнай медицинскэй киин 1 №-дээх балыыһатын педиатрия киинигэр киллэриэҕэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, 2017 сыл ахсынньытыттан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ улуустарга ыарыһахтар доруобуйаларын туругун хонтуруоллуур Быһыы-майгы киинин үлэтин саҕалаабыта. Күн аайы сарсыарда министиэристибэ үлэһиттэрэ бу киин нөҥүө улуустардааҕы киин балыыһалар кылаабынай быраастарын кытта ыарыһахтар доруобуйаларын туругун билсэллэр. Ол эбэтэр ханнык-туох ыарыылаах ыарахан ыарыһах баарын, хас оҕо туох ыарыылаах сытарын билсэллэр, сүбэлэһэллэр. Үлэ бу көрүҥэ быраастар эппиэтинэстэрин күүһүрдэр уонна ыарыһахтарга кэмигэр туох көмө оҥоһулларын хонтуруоллуур.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьону маннык төлөпүөннэргэ эрийэн билсэргитигэр сүбэлиир: 8-800-250-47-14; суһал ыарыһахтарга: 507 — 000 уонна интернетинэн www.er14.ru

This post was published on 29.01.2018 11:15 11:15